ЦЕНТР КУЛЬТУРЫ ИМ.Д.Ф.ХОДУЛОВА

Н.Н.Васильева аат. Майатааҕы народнай хор күөн күрэскэ кыттыыны ылла
Ахсынньы ый 10 күнүгэр Нина Николаевна Васильева аат. Майатааҕы народнай хор «Русь благодатная» Республикатааҕы нууччалыы ырыа күөн күрэһигэр Дмитрий Бортнянскай «Слава, слава Богу в вышних», Иван Суриков тыл., норуот мат. «Тонкая рябина» ырыалары ыллаан I ҮРДЭЛ үрдүк аатын сүктэ. Салайааччы: Саргылана Павлова Күөн күрэскэ республикабыт араас улуустартан кыттыыны ыллылар: Нам, Аллайыаха, Хаҥалас, Мэҥэ-Хаҥалас, Томпо улуустарыттан, Жатай б., Хаҥалас мкр., Марха б., Дьокуускай к. 17 вокальнай ансаамбыл уонна 4 солист.

15 декабря 2022 г. 15:30