ЦЕНТР КУЛЬТУРЫ ИМ.Д.Ф.ХОДУЛОВА

ˮОЛОҔУ УРУЙДУУР ОЛОҤХО ТЫЫННААХ ТОЙУГАˮ музыкальнай-театрализованнай дьүһүйүү.
Олоҥхо норуот өйүн санаатын чыпчаала буоларынан иитэр күүһэ улахан. Олоҥхо тыла-өһө ийэ тылга тапталы, сайаҕас өйдөөх- санаалаах киһини иитэргэ күүстээх дьайыыны оҥорор кыаҕынан тирэх буолар. Тыл кэрэтэ, күүһэ, имэҥэ, илбиһэ, олоҕу уус-уран тыл күүһүнэн дьүһүйэн көрдөрөр уратыта олоҥхоҕо эрэ баар. Олоҥхо биһиги кэммитигэр үөрэх суолталаах улууканнаах айымньыбыт. Олоҥхо төһө да хас эмэ төгүл дарбатан, омуннаан көрдөрөрүн иһин, ымпыктаан-чымпыктаан, бытарытан, уһатан-тэнитэн хоһуйуулааҕын үрдүнэн, норуот оҕоҕо, ыччакка, аан айылҕаҕа сыһыана, иитэр үгэстэрэ, бухатыырга уһуйуу, эрчийии, ыал ийэтэ-аҕата буолар аналга бэлэмнээһин, олох-дьаһах, итэҕэл сиэрин-туомун тутуһуу, толоруу үгэстэрэ олоҥхо аайы балачча киэҥник уонна чуолкайдык көстөллөр. Олоҥхоҕо баар норуот үйэ-саас тухары мунньубут төрүт тылын сүөгэйэ-сүмэтэ, үтүө үөрүйэхтэрэ, өйө-санаата, кута-сүрэ, олоххо сыһыана, итэҕэлэ, кэрэни көмүскээһинэ барыта түмүллэн, үүнэр үйэҕэ туһуланан, кэлэр кэнчээри ыччакка сыа-сым курдук бэриллэн иһэр үрдүк аналлаах. Олоҥхо биир улахан суолтатынан төрөөбүт дойдуга тапталы, үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһыыны, кыамматы, кырдьаҕаһы харыстааһыны, көҥүл олоҕу көмүскээһини иитии буолар. Олоҥхо тылын-өһүн ыччакка иҥэрии тыл сүппэтигэр тиэрдэр. Майа сэлиэнньэтигэр биир эрэ төгүл олоҥхону тыыннаахтыы оонньоон көрдөрүү ОЛУННЬУ 15 күнүгэр киэһээ 19 чаастан Д.Ходулов аат. КУЛТУУРА КИИНИГЭР буолар. Кэрэ түгэни куоттарымаҥ! Майа сэлиэнньэтигэр айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар Мэҥэ Хаҥалас улууһун уус-уран коллективтара уонна чаҕылхай толорооччулар холбоһуктаах дьүһүйүүлэрин кэлэн биһирээҥ ˮОЛОҔУ УРУЙДУУР ОЛОҤХО ТЫЫННААХ ТОЙУГАˮ музыкальнай-театрализованнай дьүһүйүүгэ кыттыыны ылаллар: Н.Васильева аат.Майатааҕы народнай хор, ˮКыталыкˮ үҥкүү народнай ансаамбыла, Майатааҕы М.Попова аат. Оҕо искусствотын оскуолатын уһуйааччыларын уонна үөрэнээччилэрин народнай оркестра, ˮКыталыынаˮ үҥкүү бөлөҕө, ˮАйыынаˮ, ˮСардаанаˮ вокальнай ансаамбыллар, улууспут тарбахха баттанар чаҕылхай фольклор толорооччулара уонна култуура үлэһиттэрэ: Виталий Никифоров, Аграфена Зыкова, Николай Васильев, Ульяна Ефремова, Иван Григорьев, Данил Осипов, Аксиния Степанова, Улмас Федоров, Валентина Кривошапкина, Спиридон Григорьев, Саргылана Кириллина, Игорь Игнатьев, Раиса Скрябина. Режиссердар - Василий Винокуров, Данил Осипов, Александра Скрябина. Бу тэрээһин Ийэ тыл күнүгэр уонна ССРС народнай артыыһа, Саха АССР искусствотын үтүөлээх деятелэ, биир дойдулаахпыт, бастакынан олоҥхону театрга сыһыарбыт режиссер, 1957 с. Москваҕа көрдөрүллүбүт ˮНьургун Боотурˮ опера-олоҥхону туруорбут Василий Васильевич Местников төрөөбүтэ 115 сылыгар ананар.

13 февраля 2023 г. 10:45