Олунньу 12 күнүгэр Майа сэлиэнньэтигэр тэрилтэлэр икки ардыларыгар ыытыллар 67-с “В.К.Степанов аатынан култуура уонна спорт эстафетата” фестиваль бастакы түһүмэҕэ – ЭР ДЬОН ОҺУОХАЙА ыытылынна. Тэрээһин үөрүүлээх арыллыытыгар Майа сэлиэнньэтин баһылыга Алексей Неустроев, Мэҥэ Хаҥалас улууһун оһуохай түмсүүтүн салаайааччыта Мария Шипошина, Д.Ходулов аат.Норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Екатерина Ефремова эҕэрдэ тыл эттилэр.
2 сыллаах тохтобул кэнниттэн эр дьоммут, дурда-хахха эр хоһууттарбыт тоҕуоруһа мустан хас бөлөх аайыттан 3-түү киһи оһуохайы таһаарарга холонно. Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр:
1.Бэрэссэдээтэл - Иванов Станислав Александрович – СӨ Дархан этээччитэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын методиһа;
2. Шипошина Мария Михайловна – Мэҥэ Хаҥалас оһуохай түмсүүтүн салаайааччыта;
3. Оконешников Денис Викторович - СӨ үтүөлээх оһуохай этээччитэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи оһуохай түмсүүтүн сэбиэтин чилиэнэ.
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан ЛАУРЕАТ аатын сүктүлэр:
1. Илларионов Алексей – В.П.Ларионов аат.орто оскуола бөлөҕө;
2. Прохоров Игнатий – В.П.Ларионов аат.орто оскуола бөлөҕө;
3. Игнатьев Игорь – Ф.Г.Охлопков аат.орто оскуола бөлөҕө;
ДИПЛОМАНТ аатын ыллылар:
1. Куприянов Еремей - В.П.Ларионов аат.орто оскуола бөлөҕө;
2. Пермяков Егор - Ф.Г.Охлопков аат.орто оскуола бөлөҕө;
3. Хабаров Гаврил – И.Г.Тимофеев аат.Майатааҕы лицей бөлөҕө;
4. Беляев Юрий - И.Г.Тимофеев аат.Майатааҕы лицей бөлөҕө;
5. Марков Сергей – киин балыыһа бөлөҕө;
6. Атласов Николай – “Кэнчээри” оҕо уһуйаанын бөлөҕө;
Эр дьон оһуохайын түмүгүнэн баалынан миэстэ маннык таҕыста:
1 миэстэ - В.П.Ларионов аат.орто оскуола бөлөҕө;
2 миэстэ - Ф.Г.Охлопков аат.орто оскуола бөлөҕө;
3 миэстэ - И.Г.Тимофеев аат.Майатааҕы лицей бөлөҕө;
4 миэстэ - киин балыыһа бөлөҕө;
5 миэстэ - “Кэнчээри” оҕо уһуйаанын бөлөҕө.
13 февраля 2023 г. 10:48
Олунньу 12 күнүгэр Майа сэлиэнньэтигэр тэрилтэлэр икки ардыларыгар ыытыллар 67-с “В.К.Степанов аатынан култуура уонна спорт эстафетата” фестиваль бастакы түһүмэҕэ – ЭР ДЬОН ОҺУОХАЙА ыытылынна.